Ойуунускай мөссүөннэрэ
П.А.Слепцов-Ойуунускай – саха биллиилээх общественнай деятелэ, бэлиитик, саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччи, суруйааччы, бэйээт, тылбаасчыт, драматург, учуонай-лингвист.
Платон Ойуунускай норуот саамай дирин түгэҕиттэн, саамай дьадаҥы араҥатыттан үѳскээн тахсыбыта. Кини 1893 сыллаахха сэтинньи 10 күнүгэр Таатта улууhугар үhүс Дьохсоҕон нэһилиэгэр тѳрѳѳбүтэ. Дьолго, чугас-тарыгар, Чычымахха, оскуола аhыллан, хороччу улаатан эрэр 14 саастаах Платон үѳрэххэ киирэр. Тѳрѳппүттэрэ тугунан да кѳмѳлѳhѳр кыахтара суох буолан, кини олус эрэйдээхтик үѳрэммитэ. Ол туhунан «О5о куйуурдуу турара» диэн кэпсээнигэр суруйбута. Кини, бэл, бастын үѳрэнээччи буолан, Дьокуускайга үѳрэххэ киирэн да баран, ити сортон-мунтан быыhам-матаҕа. «Дьокуускай түѳрт кылаастаах училищетын бүтэриэхпэр диэри түѳрт сыл устата арыт бокуонньук Егасов куухунатыгар кирийэрим, үксүн куорат трущо-баларыгар хонорум. Арай 1915 сыллаахха учительскай семинарияҕа киирэн, 14 солкуобай хааhына стипен-диятын ылыахпыттан киhилии олорбутум» диэн ахтара.
Оҕотук Ойуунускай үѳрэх-сайдыы диэни билбэккэ, харанаҕа хаайтаран, ыар баттал анныгар тэпсиллэр, үлэһит-хамначчыт кыра-дьадаҥы бар-дьонун кэр-дьэбэр умнаһыт олохтон хайдах быыhыахха сѳбүй диэн, санаа бѳҕѳҕѳ түһэн, мунчаара сылдьар кэмигэр сыылкаҕа кэлбит нуучча революционердарын кытта кѳрсүhэр. Кинилэр кистэлэн куруhуоктарыгар киирэн, Маркс үѳрэҕин кытта билсиhэр. Дьэ манна Платон үлэhит-хамначчыт дьон «баайдар уонна үѳрэхтээхтэр аhыныыларынан» буолбакка, кѳѳhүннээччилэр тутулларын суулларан, бэйэтин былааhын туругурдан эрэ дьоллоох олоххо тиийэр кыахтаах эбит диэн бигэ санааҕа кэлэр. Онон 1917 сылы социализм идея-ларын ѳйүнэн-сүрэҕинэн ылынан кѳрсѳр. Эhиилигэр Коммунистическай партияҕа киирэр. Дьэ мантан ыла норуот туhа диэн күннэри түүннэри– үлэлээн барар.
1918 сыллаахха П.А.Ойуунускай- Саха сиригэр советскай былааhы тэрийиигэ Центросибирь комиссиятын ба-hылыга, 1924 сылтан губревком председателэ, Авто-номнай Республика тэриллиэҕиттэн бастаан Саха АССР Совнаркомун, онтон быыстала суох Саха АССР Киин Ситэриилээх Комитетын председателэ, 1928-1929 сыл-ларга – уерэх уонна доруобуйа харыстабылын наркома. РК(б)П Х съеьин делегата. 2-с, 3-с ынырыылаах ССРС Киин Ситэриилээх Комитеттарын чилиэнэ. ХХI Советтар Бүтүн Россиятааҕы, 2-с Бүтүн Союзтааҕы съезтэрин делегата. Партия Саха Губерниятааҕы комитетын уонна обкомун бюротун чилиэнэ о.д.а.