Муниципальное казенное учреждение культуры

Хатылынская модельная библиотека

РС(Якутия), Чурапчинский улус, с. Харбала-1, ул. Партизанская, 13

Добро пожаловать!

Уважаемые посетители, мы рады Вас видеть на нашем сайте и надеемся что наш будет полезен Вам!

Афиша событий и мероприятий

Свежие новости

«Сүрэхпит сылааһа эһиэхэ»

Ахсынньы 10 күнүгэр, биьиги нэһилиэккэ инбэлииттэр декадаларын сабыллыыта буолла. Тэрээһин сылы түмүктүүр, ону тэҥэ доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо кэлэн иһэр Саҥа дьыл тыынын иҥэрэр сыаллаах тэрилиннэ. Бу күн уопсастыба көхтөөх чилиэннэрин наҕараадалааһын, остуол тула араас оонньуулардаах сэргэх тэрээһин ыытылынна .

Виртуальная выставка «Будущее без коррупции»

Национальная библиотека Республики Саха (Якутия) совместно с Управлением при Главе Республики Саха (Якутия) по профилактике коррупционных и иных правонарушений представляет виртуальную выставку «Будущее без коррупции». Международный день борьбы с коррупцией (International Anti-Corruption Day) отмечается ежегодно 9 декабря по инициативе Организации Объединенных Наций. В этот день в 2003 году была открыта для подписания Конвенция ООН против […]

Е.А.Борисовка аналлаах дьаһал түгэниттэн

Күндү ааҕааччылар! Эһигини сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин сайыннарар, олоҥхо баай тылын-өһүн, билиини көрүүнү кэҥэтэр сыаллаах, Олоҥхо декадатын чэрчитинэн биллэриллибит, Өреспүүбүлүкэтээҕи « ОЛОҤХО ДЬЫКТААНА» аахсыйаҕа кыттыны ыларгытыгар ынырабыт.

«Албан ааттаах Комсомол” күнүн чэрчитинэн Улуустааҕы доруобуйаларынан хааччахтаах дьон икки ардыларыгар куйаар ситимин нөҥүө комсомол туһунан хоһоон ааҕыытын күрэҕин кыттыылаахтара Филиппов Александр Васильевич «Комсомол бэлиэтэ» хоһоонунан Лауреат аатын ситистэ. Чичигинарова Марфа Владимировна «Комсомольский билет» хоһоонунан Гран При үрдүк аатын ылла.

Байанай – тыа, ойуур, көтөр–сүүрэр таҥарата. Айыы үөрэҕэ этэринэн, Байанай сэтинньи ыйга дьоҥҥо чугаһыыр. Байанайы биһиги өбүгэлэрбит олус үөрүнньэҥ, кэһии биэрэр оҕонньор курдук саныыллара. Байанай таҥаралаах киһи сылыктаан толкуйдуур, бэйэтин кыаҕар эрэнимтиэ буолар. Тугу эмэни ылсыбыт буоллаҕына, толоруор диэри эппэт. Кини сүрүн болҕомтотун булуу-талыы дьоҕуругар хатыыр.

https://forms.gle/1eEPzQ4KAJLMvMRG7 Баай Байанай туһунан төһө билэҕин? Бэйэҕин тургутан көр.

Чурапчы улууһугар «Ыал саргыта» куонкурус иһинэн ыытыллыбыт «Ааҕар саха сайдам ыала» анал аат түһүмэҕэр Яковлевтар дьиэ кэргэттэрэ кыттыыны ыллылар.

https://youtu.be/2zyZKFLaXbU?si=_lp7PdHLXQ-mfjol Бу манан киирэн көрүн,истин.

Ыам ыйа — Иэйэхсит ыйа

Былыр бу ыйы бииринньи диэхтэрин сөп, алтынньыттан таҥнары аахтахха оннук тахсар. Ыам ыйа сэтинньи ыйы батыһар. Кус кэлэр уонна сайын кэлэр самыыра диэн икки ардахтаах. Сири куурдар уонна муус көтөҕөр диэн икки тыаллаах. Бу ыйга сайын от хайдах үүнүөҕүн билгэлииллэр. Сайыҥҥы күнү-дьылы бастакы этиҥ этиитинэн, кэҕэ этэринэн уонна ньургуһун хайдах үүммүтүнэн сылыктыыллар. Бу ыйга өбүгэлэрбит […]

Бүгүн Дьиэ кэргэн күнэ

Күндү Хатылы нэһилиэгин олохтоохторо! Бүгүҥҥү үөрүүлээх бырааһынньыгынан, Аан дойдутааҕы Дьиэ кэргэн күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Дьиэ кэргэн — бу биһиги обществобыт сүрүн тирэҕэ, биһиэхэ күүс-көмө, үөрүү-көтүү, ыарахан кэмнэргэ өйөбүл буолар. Дьиэ кэргэн – таптал, үтүө санаа уонна кыһамньы биһигэ.Бигэ тирэхтээх, дьоллоох дьиэ кэргэн — дойду бөҕө буолуутун туоһута.Россияҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылыгар хас биирдии дьиэҕэ эбии […]

Чурапчы киин бибилэтиэкэтигэр «Олоҕум ыллыга» диэн саҥа тахсыбыт кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста.

Сэтинньи ый 23 күнүгэр ССРС, СӨ култууратын туйгуна, Хатылы нэһилиэгин, Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо, кыраайы үөрэтээччи, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына 40-н тахса сыл бибилэтиэкэҕэ сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит Мария Петровна Иустинова суруйбут кинигэтин биир бэлиэ күнүттэн хаартыскалары көрүҥ, сэргээн.