Чурапчы киин бибилэтиэкэтигэр «Олоҕум ыллыга» диэн саҥа тахсыбыт кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста.
Сэтинньи ый 23 күнүгэр ССРС, СӨ култууратын туйгуна, Хатылы нэһилиэгин, Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо, кыраайы үөрэтээччи, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына 40-н тахса сыл бибилэтиэкэҕэ сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит Мария Петровна Иустинова суруйбут кинигэтин биир бэлиэ күнүттэн хаартыскалары көрүҥ, сэргээн.