Бүгүн Дьиэ кэргэн күнэ
Күндү Хатылы нэһилиэгин олохтоохторо!
Бүгүҥҥү үөрүүлээх бырааһынньыгынан, Аан дойдутааҕы Дьиэ кэргэн күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Дьиэ кэргэн — бу биһиги обществобыт сүрүн тирэҕэ, биһиэхэ күүс-көмө, үөрүү-көтүү, ыарахан кэмнэргэ өйөбүл буолар. Дьиэ кэргэн – таптал, үтүө санаа уонна кыһамньы биһигэ.
Бигэ тирэхтээх, дьоллоох дьиэ кэргэн — дойду бөҕө буолуутун туоһута.
Россияҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылыгар хас биирдии дьиэҕэ эбии дьол-соргу, таптал, уйгу толору буоллун.
Алаһа дьиэҕит куруутун сылааһынан, сырдыгынан сыдьаайдын, оҕо чуопчаарар куолаһынан, үөрүүнэн туоллун, дьол-соргу эрэ аргыстастын!
Саха сирин ыалыгар сыһыаннаах тургутугу киирэн толор.