Муниципальное казенное учреждение культуры

Хатылынская модельная библиотека

РС(Якутия), Чурапчинский улус, с. Харбала-1, ул. Партизанская, 13

Саҥа дьылы — саҥа кинигэлэрдиин көрсүөҕүҥ!

Ахсынньы ыйбыт түмүктэнэрэ чугаһаата. Аны аҕыйах хонугунан Саҥа дьылбытын көрсүөхпүт, онтон уһун өрөбүллэр саҕаланыахтара. Кыһыҥҥы тымныы күннэргэ дьиэҕитигэр олорон олус интэриэһинэй кинигэлэрдэ уларсан ааҕарга тиэтэйиҥ.

Күнду ааҕааччылар, нэһилиэкпит бэбилитиэкэтигэр, оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо аналлаах, саҥа «Айар» кинигэ кыһатын кинигэлэрэ кэлбиттэрин билиһиннэрэбит

Галина Нельбисова «Чып кистэлэҥинэн» сэһэн.

Төрүүр дьиэҕэ биир күн бэбээрэ түспүт уоллаах кыыстарын ийэлэрэ сылаас түөстэригэр ыга кууспуттара, биһиктэригэр нөрүйэн, оҕолорун инники дьылҕатын түстүүр, алгыыр тыллары аргыый сипсийбиттэрэ… Бу уоллааах кыыс сэрэйбэтэх сэрэбиэйдэрэ, түһээбэтэх төлкөлөрө хайдах салаллыаҕай? Чып кистэлэҥ арыллыа дуо…

Данил Макеев «Оҕом аҕалаах буоллаҕына…» сэьэн .

Дьылҕа ыар охсуутун тулуйар, кытаанах тыйыс тургутуутун уйар, олоххо талаһар күүс туохханый? Бу ыйытыыга хоруйуу талааннаах суруйаачы Данил Макеев саҥа кинигэтигэр киирбит » Оҕом аҕалаах буоллаҕына…», » Оҥоһуу» айымньыларыттан булуоҥ.

Александр Амбросьев-Сайылык Уола «Аарыма» сэьэн.

Ырдьыгыныыр икки, ыйылыыр икки ардынан саҥа таһаара-таһаара бөкүнүһэр кырачаан бөрөлөрү инники олохторугар туох-ханнык моһоллор, хабараан хапсыһыылар күүтэллэрий? Кинигэҕэ хара тыа ардай аһыылаахтарыттан бастыҥнара- Аарыма бөрө тыыннаах буолар, утум салҕыыр иһин айылҕалыын, дьоннуун, аар тайҕа араас кыылларыныын охсуһуута, бу орто дойдуга ыйыллан кэлбит аналын-ыйааҕын, толорор иһин туруулаһыыта ойууланар.

Николай Якутскай «Адаҕа» роман.

Айымньыга ыал хамначчыта Дьөгүөрсэ Тырынкаайап ыар олоҕо бэрт түргэнник, соһуччу көнөр, санаабытын ситиһэр үгүс үптэнэр. Кини төһө да үтүөнү оҥорбутун иһин, суобаһа олоҕун тухары адаҕа буолан, дууһата эрэйдэнэр.

Уһук Уйбаан «Таптал сүдү күүһэ» дьоҕус сэһэннэр

Бу хомуурунньукка киһи аймах өрө тутар, сүгүрүйэр, олох укулаата буолар сүрүн иэйии — таптал туһунан дьоҕус сэһэннэр түмүмллэн киирдилэр. Суруйааччы дьиҥнээх ыраас таптал, хаһан да умнуллубакка, киһи олоҕун устата сүрэххэ кичэллик кистэнэ сылдьарын туһунан итэҕэтиилээхтик сэһэргиир. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.

Степан Макаров «Дьылҕа, тыйыскын даҕаны» сэһэн

Сэһэҥҥэ Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии ыар сыллара ойууланар. Бу кэмҥэ күрүөйэхтэр баар буола сылдьыбыттара. холхуос сүөһүтүн, сылгытын уоран сииллэрэ, лааппылары халыыллара, киһи сырдык тыыныгар турбут да түбэлтэлэрэ тахсыталыыра. Бу аат-суол барар улахан сааттаах суол этэ. Ааптар икки уот икки ардыгар соһуччу түбэспит төрөппуттэр барахсаттар, биир сайылык дьоно, хайдах курдук санаа ытылҕаныгар сылдьалларын, кинилэр уйулҕаларын аһаҕастык ойуулаабыта ааҕааччыны долгутуо.

Иван Андросов- Айанньыт «Тумаҥҥа симэлийбиттэр. Уһуйуллуу. Дагдаҕар Боотур» роман

Ааҕааччы киэҥ сэҥээриитин, биһирэбилин ылбыт И.Андросов- Айанньыт » Тумаҥҥа симэлийбиттэр» историческай айымньы «Уьуйуллуу. Дагдаҕар Боотур» бэһис кинигэтигэр боотур буоларга айылҕаттан анатыылаах уол оҕо уйана-хатана биллэр кыргыс үйэтигэр такайыллан, Дьылҕа Хаан уустук тургутууларын, оһолун-буомун сымса туттунуутунан, сатабылынан, хорсун санаатынан, ураты дьоҕурунан итиэннэ Аар айылҕа араҥаччылыыр күүһүнэн эрдээхтик туораан, Дагдаҕар Боотур дэтэн, улахан аҕа ууһун боотурдарын бас-көс киһитэ буолара ураннык хоһуйуллар.

Уйбаан Александров » Саллаат аҕата» сэһэн

Дойду көмүскэлигэр диэн саа-саадах тутан туруммут эр дьоммутугар, уолаттарбытыгар махтанабыт уонна эрэнэ күүтэбит.

Бу кинигэҕэ Валерий Попов, Алексей Игнатьев, Гаврил Терентьев, Александр Пахомов сэһэргииллэриттэн СВО-ҕа бииргэ сэриилэһэ сылдьар араас омук дьоно, сэргэстэһэ чаастарга сылдьар саха сирин уолаттара кэпсэнэллэр. Донецкай, Луганскай, Харьковскай хайысханан сылдьар хорсун саха сэрииһиттэрэ сэһэҥҥэ киирдилэр.

Г.В.Ксенофонтов » Урааҥхай сахалар»
Р.И.Бравина «Саха төрүт олоҕо» — Саха олоҕун хаамыытын олуктара, аҕа-ийэ уустарынан тутула, төрүт дьарыктара, дьиэ-уот тэриирэ, сиэр-туом, итэҕэл, нуучча таҥаратыгар сыстыыта, дьиэ-кэргэн, таптал сыһыаннара сырдатыллар.

Энциклопедия об истории, культуре, природе и тайнах самого холодного края «Якутия удивительная и загадочная»— книга приглашает в увлекательное путешествие в Якутию — в одно из самых уникальных мест нашей планеты.

«Улуу олоҥхоһут Чээбий» ахтыылар, ыстатыйалар— Амма улууһун аатырбыт олоҥхоһута Т.В.Захаров-Чээбий уонна кини «Ала Булкун» олоҥхотун туһунан бэчээккэ тахсыбыт ахтыылар, ыстатыйалар, учуонайдар, үөрэнээччилэр дакылааттара уонна олоҥхоттон нууччалыы быһа тардан оҥоһуллубут тылбаастар киирдилэр.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *