Саха халандаарынан 2025 сыл — Иэйэхсит сыла
Кэлэн иһэр сыл сахаларга Иэйэхсит сыла буолар. Бары да кэриэтэ Кытай гороскобунан Моҕой (змея) сылыгар бэлэмнэнэҕит эрээри, айыы үөрэҕин, төрүт үгэстэрбитин умнуо суохтаахпыт. Саха билиҥҥи халандаарынан, ааһан эрэр сыл Айыыһыт сыла эбит буоллаҕына, быйылгыбыт – Иэйэхсит сылынан биллэр.
Иэйэхсит — дьахтар таҥарата. Кини аһаҕас майгылаах. Эйэҕэс, амарах, өл.
Иэйэхсит ыам ыйыгар кэлэр. Кэллэҕинэ от-мас көҕөрөр, ас-үөл дэлэйэр. Сайын саҕаланар. Иэйэхсит хотун түһэр. Кини сылаас тыына буорга, ууга, салгыҥҥа иҥэр. Киһини амарах, эйэҕэс оҥорор, бары куһаҕантан сэрэтэр, араҥаччылыыр. Иэйэхсит кири-хоҕу сөбүлээбэт.
Иэйэхсит киһи-сүөһү үөскүүрүн, сайдарын араҥаччылыыр, дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүөнү, кэрэни саныыр, кут-сүр чөл буолуутун түстүүр. Иэйэхситтэн кэлбит оҕо өҥ буолар.
Сүөсүһүт — иэйэхсит биэрэр дьоҕура. Сүөсүһүт киһи илиитэ сымнаҕас, кини көрөр-харайар сүөһүлэрэ төлөһүйэллэр, төрүөхтээх буолаллар. Сүөсүһүт эйэҕэс-сайаҕас майгылаах, үтүө санаалаах, айылҕаны истиҥник ылынар, алааһын ытыктыыр, ырыаны-тойугу сөбүлүүр, үксүн элбэх оҕолоох. Булчут эмиэ Иэйэхситтэн сибээстээх. Баай Байанай — Иэйэхсит инитэ. Булчут итиини-тымныыны тулуйар, ыарахаттартан иҥнибэт, айылҕаны олус дириҥник өйдүүр, уоту ытыктыыр, булугас-талыгас, мындыр, омуннаах, остуоруйаны истэрин таптыыр, кэһиилэнэрин сөбулүүр.
Үүннэрээччи (оҕуруот аһын, бурдугу о.д.а. үүннэрээччи, агроном) иэйэхситтэн дьоҕуру ылар. Үүннэрээччи атаҕа үктэммит сирэ быйаҥнаах буолар. Кини олус бүгүрү, илиитин араарбакка үлэлиир, буору таптыыр, кэтээн көрөрү сатыыр, күнү-дьылы сөпкө ааҕар, истиҥ сыһыаннаах, дьулуурдаах.
Эмчит Иэйэхситтэн ситимнээх. Эмчит (отоһут, быраас о.д.а.) киһи этэ-сиинэ айылҕаны кытта сибээстээҕин билэр, өлүөр сылдьыыны саамай үрдүк дьолунан ааҕар, киһиэхэ эйэҕэс, түбэһиэ тылласпа, сымнаҕас илиилээх.
Күн-дьыл эргиирэ
(Людмила Попова 25.02.2023 суруйуутуттан)
Былыргы сахалар күн-дьыл эргиирин айылҕаны кытта ситимнээн быһаараллара. Күн-дьыл эргииригэр түүннээх күн, 7 күн (нэдиэлэ), ый, төгүрүн сыл киирэллэр.
Ый диэни иһиттибит да аныгы саха хараҥа халлааны, онно баар чаҕылхай сулустары саныыбыт. Ол эрээри, “Саха төрүт культурата. Учууталга көмө” диэн 1992 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕин министиэристибэтэ бигэргэтэн таһаарбыт кинигэтигэр, М.А.Попова хомуйан оҥорбут матырыйаалыгар маннык суруллар: “Сахалар күһүҥҥү күн тэҥнэһиититтэн ыла суукканы ый хаамыытынан ааҕаллар. Ол аата хараҥа уһунунан суукка кээмэйдэнэр. Ону хонук дииллэр. Ый 29 уонна 30 хонуктана сылдьыбыта биллэр. Ый аны ый саҥата уонна ый эргэтэ диэн араарыллар. Ый саҥатыгар ый сүтүүтэ (7 хонук) уонна үүнэр ый (8 хонук) киирэллэр. Ый эргэтэ диэн Күбэ туолуута (7 хонук) уонна ый тэйиитэ (8 хонук) буолар.
Ый хонуктарын сорох ааттара манныктар:
4-с күн – Ынах муоһа.
8-с күн – Айа кирсэ.
14-с күн – Ый кыра толорута.
15-с күн – Ый улахан толорута.
16-с күн – Ый кыһыл нэдиэлэтэ.
17-с күн – Күтүр ыал күөстэнэр киэһэтэ.
18-с күн – Бойом бөрөтө.
19-с күн – Куобах куртаҕа.
20-с күн – Кыптыый буута.
29-с күн – Ый ааһар киэһэтэ.
Мөһүлгэ. Күн-дьыл эргиирин мөһүлгэнэн түмүктүүбүт. Мөһүлгэ – умнуллубут тыл, билиҥҥинэн бириэмэ дэнэр. Кини күн-дьыл эргиирин бэйэтигэр холбуур уонна анал өлүүлэргэ үллэһиллэр:
Түгэн – букатын кыра мөһүлгэ. Кыл түгэнэ, чыпчылыйыах түгэнэ.
Быстыҥ – мүнүүтэни, чааһы быһаарар. Хамсалаах табах быстыҥа, күөс быстыҥа, тоҥ күөс быстыҥа.
Күннүк, күндүк – суукка бастакы аҥара, сарсыарда уонна күнүс. Ыалдьыт сылдьар кэмэ.
Хонук – суукка иккис аҥара, киэһэ уонна түүн. Ол иһин хонук сирбин буллум, хоноһо кэлбит диэн этэллэр.
Түүннээх күн – суукка.
Сэттэ күн – нэдиэлэ.
Ый саҥата – халлаан ыйа сүтэр уонна үүнэр кэмэ, бастакы икки нэдиэлэ.
Ый эргэтэ – халлаан ыйа туолар уонна кэлтэйэр кэмэ, икки бүтэһик нэдиэлэ.
Ый – ый саҥата уонна ый эргэтэ холбоһуулара.
Дьыл – хас да ый холбоспута.
Дьыл кэмэ – саас, сайын, күһүн, кыһын.
Саҥа дьыл – төгүрүк сыл ичигэс кэмэ: саас, сайын.
Эргэ дьыл – төгүрүк сыл тымныы кэмэ: күһүн, кыһын.
Төгүрүк сыл – 12 ый. Саҥа уонна эргэ дьыл холбоһуулара.
Мүһэлгэ – 12 ый. Бу таҥхаҕа туттуллар. Хас биирдии ыйга көтөрү-кыылы ымыы гынан сыһыараллар, ол аата ыйдары кыыл-көтөр аатынан ааттыыллар.
Кыра мөһүлгэ – 12 сыл.
Бу 12 сылы “Кут-сүр” оскуолата бу курдук үллэрэр:
Бастакы сыл – Таҥха сыла.
Иккис сыл – Одун сыла.
Үһүс сыл – Дьөһөгөй сыла.
Төрдүс сыл – Айыыһыт сыла.
Бэһис сыл – Иэйэхсит сыла.
Алтыс сыл – Үрүҥ Айыы сыла.
Сэттис сыл – Буор сыла.
Ахсыс сыл – Аан Дьааһын сыла.
Тохсус сыл – Улуу Суорун сыла.
Онус сыл – Хотой Айыы сыла.
Уон биирис сыл – Байанай сыла.
Уон иккис сыл – Билгэ сыла” – диэн суруллар. Нэдиэлэ 7 хонугун туһунан манна ааҕыаххытын сөп.