Муниципальное казенное учреждение культуры

Хатылынская модельная библиотека

РС(Якутия), Чурапчинский улус, с. Харбала-1, ул. Партизанская, 13

» Олох туһунан санаа»

Охсуһуу үөһүгэр, олох күөнүгэр
Олорон ааһыаҕым олохпун барытын.
Таптыыбын, бастатан, бу күн сиригэр
Түбүктэн, дьулууртан дьолу буларбын.

Санаабын, баҕабын үйэм тухары
Сиппэккэ өлүөхпүн бэркэ билэбин.
Инники! Инники! Инники барары
Иэспинэн ааҕабын, соругум дэнэбин.

                                Иван Федосеев - Доосо 
                                 (Чолбон сурунаал)

Ахсынньы 20 күнэ
      Поэт, прозаик, тылбаасчыт, документалист суруйааччы, ССРС уонна Россия суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ Иван Егорович Федосеев-Доосо төрөөбүт күнэ (1927). Саха норуодунай суруйааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, РФ үтүөлээх юриһа Николай Федорович Борисов-Николай Уус (1932) төрөөбүт күнэ.
      Доосо айымньылара аныгы ааҕааччыларга улахан дьайыыны оҥорор кыахтааҕын туһунан литературнай кириитик, суруйааччы Д.В. Кириллин: “Саха сирин билиҥҥи көлүөнэ суруйааччыларыттан, айар үлэҕэ киэҥ биһирэбили ылбытынан поэт, прозаик, публицист, литературнай критик уонна чинчийээччи, биллэр общественнай деятель Иван Егорович Федосеев буолара. Кини аатын саха ааҕааччылара, саха норуота бүттүүнэ хаһан да умнуо суоҕа”, – диэн бэйэтин ахтыытыгар түмүк оҥорбута сөптөөх.

Уйбаан Ойуур «Кырдьык иһин охсуспута»

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *