«Саҥа дьылы көрсөбүт»
Саҥа дьыл — оҕо -аймах, дьиэ-кэргэн бары долгуйа күүтэр бырааһынньыкпыт. Тэринэн бэлэмнэнии оҕолору ордук долгутар уонна күүтэргэ ыҥырар.Чысхаан кэһиитин кэтэһии, саҥа маскараат кэтии бу барыта кыра оҕоҕо ураты алыптаах эйгэни үөскэтэр.
Саҥа дьыл тыына Хатылытааҕы “Ньургуһун” уһуйааҥҥа тэлгэһэтиттэн саҕалаан күүскэ биллибит.
Уһуйаан иһинэн алыптаах бырааһынньыгы көрсө араас интэриһинэй тэрээһиннэр ыытыллаллар. Ол курдук, бэлэмнэнии бөлөх оҕолоругар маастар-кылаас ыытан кырачааннарбытын аралдьыттыбыт. Оҕолор саҥа дьыл туһунан интэриэһинэй бэсиэдэҕэ көхтөөхтук кытыннылар. Ол кэннэ дьүһүннэри сөпкө талан бырааһынньыкпыт сүрүн киэргэлин саҥа дьыллааҕы харыйаны кыһаллан уруһуйдаатылар, муусуканан доҕуһуоллатан уҥкүүлээн да ыллыбыт.