Категория: новости
https://forms.gle/1eEPzQ4KAJLMvMRG7 Баай Байанай туһунан төһө билэҕин? Бэйэҕин тургутан көр.
https://youtu.be/2zyZKFLaXbU?si=_lp7PdHLXQ-mfjol Бу манан киирэн көрүн,истин.
Былыр бу ыйы бииринньи диэхтэрин сөп, алтынньыттан таҥнары аахтахха оннук тахсар. Ыам ыйа сэтинньи ыйы батыһар. Кус кэлэр уонна сайын кэлэр самыыра диэн икки ардахтаах. Сири куурдар уонна муус көтөҕөр диэн икки тыаллаах. Бу ыйга сайын от хайдах үүнүөҕүн билгэлииллэр. Сайыҥҥы күнү-дьылы бастакы этиҥ этиитинэн, кэҕэ этэринэн уонна ньургуһун хайдах үүммүтүнэн сылыктыыллар. Бу ыйга өбүгэлэрбит […]
Күндү Хатылы нэһилиэгин олохтоохторо! Бүгүҥҥү үөрүүлээх бырааһынньыгынан, Аан дойдутааҕы Дьиэ кэргэн күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Дьиэ кэргэн — бу биһиги обществобыт сүрүн тирэҕэ, биһиэхэ күүс-көмө, үөрүү-көтүү, ыарахан кэмнэргэ өйөбүл буолар. Дьиэ кэргэн – таптал, үтүө санаа уонна кыһамньы биһигэ.Бигэ тирэхтээх, дьоллоох дьиэ кэргэн — дойду бөҕө буолуутун туоһута.Россияҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылыгар хас биирдии дьиэҕэ эбии […]
Сэтинньи ый 23 күнүгэр ССРС, СӨ култууратын туйгуна, Хатылы нэһилиэгин, Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо, кыраайы үөрэтээччи, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына 40-н тахса сыл бибилэтиэкэҕэ сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит Мария Петровна Иустинова суруйбут кинигэтин биир бэлиэ күнүттэн хаартыскалары көрүҥ, сэргээн.
Хатылы орто оскуолатын үөрэнээччилэриттэн бу олимпиадаҕа уопсайа 15 оҕо кытынна. Кыттыбыт оҕолорго туоһу сурук туттарыллыаҕа. Онтон бу ааттаммыт оҕолор II түһүмэххэ аастылар Кардашевская Лилиана, Седалищева Виолетта, Иванов Уйгун, Максимова Кристина, Яковлева Дарина, Платонова София. Оскуолабыт библиотекарыгар Иванова А.Ю. махталбытын тиэрдэбит. Иккис түһүмэх бүтүн Россия үрдүнэн олунньу 29 күнүгэр ыытыллыаҕа.
П.А.Слепцов-Ойуунускай – саха биллиилээх общественнай деятелэ, бэлиитик, саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччи, суруйааччы, бэйээт, тылбаасчыт, драматург, учуонай-лингвист. Платон Ойуунускай норуот саамай дирин түгэҕиттэн, саамай дьадаҥы араҥатыттан үѳскээн тахсыбыта. Кини 1893 сыллаахха сэтинньи 10 күнүгэр Таатта улууhугар үhүс Дьохсоҕон нэһилиэгэр тѳрѳѳбүтэ. Дьолго, чугас-тарыгар, Чычымахха, оскуола аhыллан, хороччу улаатан эрэр 14 саастаах Платон үѳрэххэ киирэр. Тѳрѳппүттэрэ тугунан да […]