Ыам ыйа — Иэйэхсит ыйа
Былыр бу ыйы бииринньи диэхтэрин сөп, алтынньыттан таҥнары аахтахха оннук тахсар.
Ыам ыйа сэтинньи ыйы батыһар. Кус кэлэр уонна сайын кэлэр самыыра диэн икки ардахтаах. Сири куурдар уонна муус көтөҕөр диэн икки тыаллаах. Бу ыйга сайын от хайдах үүнүөҕүн билгэлииллэр. Сайыҥҥы күнү-дьылы бастакы этиҥ этиитинэн, кэҕэ этэринэн уонна ньургуһун хайдах үүммүтүнэн сылыктыыллар.
Бу ыйга өбүгэлэрбит сайылыыр сирдэригэр, сайылык дьиэлэригэр көһөллөрө. Онтон билигин субуотунньук тэрийэн оҕолуун-улаханныын бары дьиэ тэлгэһэтин хомуйаллар, иһин-таһын, уулуссалары ыраастыыллар. Иэйэхсит Айыы Хотун олохсуйдун диэн тэлгэһэ иһинээҕи тутуулар муннуктарын кытыан оту уматан, буруо таһааран арчылыахха сөп.
Сахаларга ыам ыйын 22 күнэ — Сааскы Ньукуолун улахан суолталаах күн. Бу күн биһиги айылҕаҕа чугаһыыбыт, күөххэ тахсан, кэҕэ этэрин истэбит, мутукча сытын ылан дуоһуйабыт, ньургуһун тыллыбытын көрөн үөрэбит, ыраас салгынынан тыынан чэбдигирэбит.