Муниципальное казенное учреждение культуры

Хатылынская модельная библиотека

РС(Якутия), Чурапчинский улус, с. Харбала-1, ул. Партизанская, 13

Саха сиригэр Аҕа күнэ, Булчут күнэ уонна Уол оҕо күнэ.

Муус устар ый саҥата өрөспүүбүлүкэ эр дьонугар үс бүк үөрүүлээх түгэни тосхойор. СӨ бэрэсидьиэнин 1999 сыл олунньу 15 күнүнээҕи ыйааҕынан, муус устар ый бастакы баскыһыанньатыгар Аҕа күнүн бэлиэтиир буолбуппут.

Аҕа күнэ — бигэ туруктаах, эйэлээх дьиэ кэргэн бырааһынньыга. Дьоһуннаах аҕа, иллээх дьиэ кэргэн, оҕо-уруу сайдар, үүнэр олуга.  Күндү аҕаларбытын уонна нэһилиэкпит «Көмүөл» эр дьон түмсүүтүн  ис сүрэхпиттэн бу үөрүүлээх күҥҥүтүнэн эҕэрдэлиибит!

Былыр-былыргыттан биһиэхэ Аҕа ууһа диэн баар. Бэйэ-бэйэни өйдөһөн-өйөнсөн кэлбит дьоммут. Ол курдук, билигин бүтүн Сахабыт сирин киэҥ нэлэмэн туонатыгар, улуустарынан олус түмсүүлээхтик, үрдүк таһымнаахтык, дьон туһугар үлэлиир-хамсыыр булугас, сытыы өйдөөх, аһаҕас сүрэхтээх «Аҕалар түмсүүлэрэ» түмсэн олох тупсарын, сайдарын туһугар үлэлэһэллэр.

Ил Дархан 2017 сыл олунньу 6 күнүнээҕи ыйааҕынан, муус устар ый иккис баскыһыанньата Уол оҕо күнүнэн биллэриллибитэ.

Биирдэ бэриллэр олоххо куруук сырдыгы, кэрэни эрэ түстүөххэ, саҥаны, кэскиллээҕи айыахха, баары харыстыахха, үтүөнү үксэтиэххэ! Саха бэрдэ буолан сандаарын, киһи килбиэнэ буолан килбэйин!

   2012 сыллаахтан, Саха Республикатын Президенин Егор Борисов Ыйааҕынан муус устар бастакы өрөбүл күнүгэр БУЛЧУТ күнэ бэлиэтэнэр. 

Булчут күнүн сыала: айылҕа баайын табыгастаахтык туһаныы уонна харыстааһын, эдэр булчукка айылҕаҕа сиэрдээх сыһыаны иитэргэ уонна төрүт үгэстэр умнуллубаттарын туһугар тэриллибитэ. Егор Борисов омук төрүт биир дьарыгын үйэтитэн эрэ буолбакка, саха төрүт өйдөбүлүн судаарыстыбаннас таһымыгар үйэтиппит кылааттаах. Ким даҕаны, хаһан да саха итэҕэлигэр сыһыаннаах өйдөбүлү судаарыстыба таһымыгар таһааран үйэтитэ илигэ.

   Саха уус-уран литературатын төрүттээччи, бөлүһүөк, улуу киһи Өксөкүлээх Өлөксөй, 1900 сыллаахха, аан бастаан суругунан айымньыта – “Байанай алгыһыттан”саҕаламмыта. Ити даҕаны чахчы – норуоппут олоҕор Байанай суолтата сүдүтүн туоһулуур. Саха саргыта үгүс үйэлэргэ Байанайдаах буола турдун!

Бултуур-алтыыр, айылҕаны кытта алтыһар саха саарыннарын Булчут күнүнэн эҕэрдэлиибит!

  Баай хара тыа иччитэ, Байанай тойон эһэккэ үрдүк сотолооҕуттан, түөрэҥ туйахтааҕыттан, көтөр кынаттааҕыттан, маанылаах булдуттан өрүү күндүлүү турдун!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *